МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ОСПЕХСКИЙ КУЛЬТУРНО-СПОРТИВНЫЙ КОМПЛЕКС "САЙДАМ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ОСПЕХСКИЙ НАСЛЕГ"

Өспөхтөөҕү култуура уонна успуорт киинэ “Сайдам” иһинэн Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар «Олоҥхо геройдара» оҥоһук күрэһин балаһыанньата

1. Уопсай балаһыанньа

1.1. Өспөхтөөҕү “Сайдам” КСК иһинэн Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллар «Олоҥхо геройа» оҥоһук күрэһин ыытыы бэрээдэгин уонна усулуобуйаларын быһаарар.

1.2. Күрэҕи тэрийээччи — Өспөхтөөҕү “Сайдам” КСК .

1.3. Күрэх олоҥхо героическай эпоһын тарҕатыыга, оҕолор уонна нэһилиэк улахан дьонун айар дьоҕурун сайыннарыыга, ону тэҥэ саха норуотун культурнай нэһилиэстибэтигэр интэриэһи үөскэтиигэ аналлаах.

2. Күрэх сыала уонна соруктара

2.1. Сыала: Олоҥхо героическай эпоһыгар, Аллараа дойду уонна кини адьарайдарыгар (абааһыларга) ойуулуур искусство нөҥүө болҕомтолорун тардыы.

2.2. Соруктара:

Олоҥхону уонна кини персонажтарын үөрэтиигэ интэриэһи көҕүлээһин;

Кыттааччылар художественнай таһымнарын, фантазияларын уонна воображениеларын сайыннарыы;

Саҥа талааннары арыйыы уонна өйөөһүн;

Дьон айар дьарыктарын тэрийии.

3. Күрэх кыттааччылара

3.1. Күрэххэ кыттыы сааһынан хааччаҕа суох.

3.2. Күрэх маннык саастаах бөлөхтөргө ыытыллар:

Кыра бөлөх: 7–10 саас;

Орто бөлөх: 11–17 саас;

Улахан бөлөх: 18 саастарыттан үөһээ

3.3. Күрэххэ кыттыы — босхо.

4. Күрэх болдьоҕо уонна ыытыы бэрээдэгэ

4.1. Үлэлэри ылыы: 2026 с. сэтинньи 20 күнүттэн — 2026 с. сэтинньи 30 күнүгэр диэри (киллэрэн туран).

4.2. Түмүктэри биллэрии уонна наҕараадалааһын: 2026 с. «01» ахсынньы.

5. Күрэх үлэлэригэр ирдэбиллэр

5.1. Күрэх үлэтин тиэмэтэ: «Олоҥхо геройдара ». Кыттааччыларга Олоҥхо дойдутун персонажтарыгар олоҕуран эбэтэр бэйэлэрин көрүүлэринэн объемнай оҥоһук оҥороллор.

5.2. Үлэлэр ханнык баҕарар тиэхиньикэнэн (пластилин, папье маше, тиэстэнэн, гипсэнэн, кумааҕынан уо.д.а. материалларынан) оҥоһуллаллар.

5.3. Кыттааччыттан бииртэн элбэх үлэ ылыллыбат.

5.4. Үлэ бэйэтэ оҥоһуллубут буолуохтаах. Атын дьон үлэлэрин копиялааһын көҥүллэммэт.

5.5. Үлэ кэлин өттүгэр маннык дааннайдаах этикетка баар буолуохтаах:

Ааптар араспаанньата, аата (толору);

Сааһа эбэтэр кылааһа

Үлэ аата;

Салайааччы аата-суола (баар буоллаҕына);

Контактнай телефон.

6. Сыаналааһын критерийдэрэ

Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри маннык критерийлэринэн сыаналаыр:

Күрэх тиэмэтигэр сөп түбэһии — 0–5 баал;

Оригинальность уонна айар ньыма — 0–5 баал;

Тупсаҕай көстүүтэ уонна оҥоһуу хаачыстыбата — 0–5 баал;

Композиционнай уонна өҥүн быһаарыы — 0–5 баал;

Максимальнай баал ахсаана — 20.

7. Эбии усулуобуйалар

7.1. Тэрийээччи күрэх үлэлэрин коммерцията суох сыалларга (быыстапка оҥоруу, СМИ уонна социальнай ситимнэргэ бэчээттээһин) ааптар аатын ыйан туран туттуу быраабын бэйэтигэр хаалларар.

7.2. Үлэни күрэххэ биэрии ааптар (уонна кини сокуонунан бэрэстэбиитэлэ) бу Балаһыанньа усулуобуйаларын кытта сөбүлэһиитин биллэрэр.

7.3. Бу Балаһыанньа ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт үлэлэр күрэххэ ылыллыбаттар.

8. Контактнай информация

Күрэҕи ыытыыга сыһыаннаах ханнык баҕарар боппуруостарга манан билсэҕит:

Телефон, ватсап : 89627350543, 89679116297.